top of page
  • Фото автораИрина

Сырдыгы анаара: доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо туһалаах үөрэх ыыттылар

Өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уопсастыбатын бэрэсэдээтэлэ Ирина Лебедева көҕүлээһининэн улуустар уопсастыбаларын бэрэсэдээтэллэрэ үбү-харчыны сатаан туһанарга, социальнай бырайыактары суруйарга үөрэннилэр, билиилэрин хаҥаттылар.

Тэрээһиҥҥэ бэйэ үлэлээх буолууга, баан өҥөтүн туһаныыга баан үлэһиттэрэ туһааннаах көмө оҥордулар. Төһө даҕаны доруобуйаларынан хааччахтаах буоллаллар, сайдар, үлэлиир, дохуот аахсар баҕалаах буолан, урбаан эйгэтин сүрүн төрүттэрин үөрэтэн, үлэлээх буолуу киинин нөҥүө бэйэ дьарыктаахха регистрацияланан үлэлии-хамсыы сылдьар дьон аҕыйаҕа суох.

Маннык олоххо дьулурдаах, киэҥ көрүүлээх дьон доруобуйаларын туругун аахсыбакка, таһаарыылаахтык үлэлээн, олох үөһүгэр сылдьаллара элбэх киһиэхэ холобур буолуон сөп.


@ulus.media Ньургуйаана Скрябина


8 просмотров0 комментариев
bottom of page