top of page
  • Фото автораИрина

Дьокуускайга доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору сэргэхситтилэр

Билиҥҥи кэмҥэ аан дойду үрдүнэн инвалид оҕо ахсаана элбии турар. Кэнники сылларга Россияҕа доруобуйатынан хааччахтаах оҕо ахсаана 2 тɵгүл элбээбитин бэлиэтииллэр. Онон, общество иннигэр доруобуйатынан хааччахтаах оҕолору олоххо бэлэмнээhин боппуруоhа турар.



Бэс ыйын 7 күнүгэр VIAR сэргэхситэр кииҥҥэ Мэҥэ Хаҥаластан, Сунтаартан, Намтан, Өймөкөөнтөн, Тааттаттан, Уус Маайаттан, Амматтан, Верхоянскайтан, Уус Алдантан, Алдантан, Абыйтан, Дьокуускайтан доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор оонньоон-көрүлээн, бэйэ-бэйэлэрин кытары билсиһэн, бириэмэни билбэккэ атаардылар.

Тэрээһини Николай Прокопьев иилээн-саҕалаан ыытта. Спонсордар «ВОЯЖ» гостиница, ИП Джураев У.А. көмөлөрүнэн оҕолорго минньигэс остуол тардылынна, ону ааһан хас биирдии оҕоҕо өйдөбүнньүк бэлэхтэр туттарылыннылар.

Оҕо баар буолан күн күлэр, оҕо баар буолан сир симэнэр, оҕо баар буолан дьон дьоллонор, оҕо баар буолан олох салҕанар.


Ньургуйаана Скрябина

2 просмотра0 комментариев
bottom of page